30 ЫРЫА
Көмүскээччим, Аҕам, Доҕорум
(Еврейдэргэ 6:10)
- 1. Бу дойду ыар олоҕо - Өлүү-сүтүү, муҥ-эрэй бүппэт. - Ол эрэн мин көрөбүн - Дьоллоох инникибин. - ХОС ЫРЫАТА - Үрдүктэн Үрдүктээҕим, - Эн умнуоҥ суоҕа мин тапталбын. - Таҥарам эн чугаскын, - Мин соҕотох буолбатахпын. - Аҕам — эрэллээх Бостуук, - Эйигинниин мин уоскуйабын. - Иегова — Көмүскээччи, - Аҕа, Доҕор. 
- 2. Эдэр сааһым элэҥнээн - Кырдьар кырыыс күннэр кэллилэр. - Итэҕэллээх буоламмын - Кэскилим чаҕылхай. - ХОС ЫРЫАТА - Үрдүктэн Үрдүктээҕим, - Эн умнуоҥ суоҕа мин тапталбын. - Таҥарам эн чугаскын, - Мин соҕотох буолбатахпын. - Аҕам — эрэллээх Бостуук, - Эйигинниин мин уоскуйабын. - Иегова — Көмүскээччи, - Аҕа, Доҕор. 
(Ону таһынан Саал. 70:17, 18 көрүҥ.)