103 ЫРЫА
Бостууктар — биһиэхэ анаан бэлэхтэр
(Эфесяннарга 4:8)
- 1. Күндү бэлэх биһиэхэ анаан - Таҥара биэрбитэ. - Үөрү маныыр бостуук дьоннору - Батыһыҥ диэбитэ. - ХОС ЫРЫАТА - Сыралҕаҥҥа күлүгү биэрэр, - Буурҕаттан дурда-хахха. - Киэҥ көҕүстээх, эрэллээх эр дьон - Сыраларыгар махтал! 
- 2. Суолу ыйан-кэрдэн биэрэллэр, - Үөрэтэн салайаллар, - Ыарахан кэмҥэ хаалларбаттар - Сүөм түспүтү өйөөннөр. - ХОС ЫРЫАТА - Сыралҕаҥҥа күлүгү биэрэр, - Буурҕаттан дурда-хахха. - Киэҥ көҕүстээх, эрэллээх эр дьон - Сыраларыгар махтал! 
- 3. Сиэрдээх, ыраас олоххо түстээн - Тапталлара көстөр. - Куһаҕантан тэйэ туттарга - Сүбэ-ама буолаллар. - ХОС ЫРЫАТА - Сыралҕаҥҥа күлүгү биэрэр, - Буурҕаттан дурда-хахха. - Киэҥ көҕүстээх, эрэллээх эр дьон - Сыраларыгар махтал! 
(Ону таһынан Ис. 32:1, 2; Иер. 3:15; Иоанн 21:15—17; Апос. 20:28 көрүҥ.)