122 ЫРЫА
Халбаҥнаабат буолуҥ!
(1 Коринфяннарга 15:58)
- 1. Аан дойду дьонноро дьиксинэллэр, - Инники туох күүтэрин билбэттэр. - Уҥа-хаҥас халбаҥныа суохтаахпыт - Таҥара дьыалатыгар. - ХОС ЫРЫАТА - Кытаанах буолуоххайыҥ, - Бу сиргэ бэриммэккэ. - Барытын тулуйан - Итэҕэллээх хаалыах. 
- 2. Бу аан дойду ымсыырдыыта элбэх, - Өйбүт-төйбүт көмүскэл буолуохтун. - Куһаҕантан куотан кырдьыгы тал, - Мэлдьитин хотуулаах буол. - ХОС ЫРЫАТА - Кытаанах буолуоххайыҥ, - Бу сиргэ бэриммэккэ. - Барытын тулуйан - Итэҕэллээх хаалыах. 
- 3. Таҥара соругун ис сүрэхтэн - Күүскэ туруулаһан толоробут, - Үөрүүлээх сураҕы тарҕатабыт, - Бүтэр уһук бу кэллэ. - ХОС ЫРЫАТА - Кытаанах буолуоххайыҥ, - Бу сиргэ бэриммэккэ. - Барытын тулуйан - Итэҕэллээх хаалыах. 
(Ону таһынан Лука 21:9; 1 Петр 4:7 көрүҥ.)