101 ЫРЫА
Бииргэ үлэлиибит
(Эфесяннарга 4:3)
- 1. Биһигини бу дойдуттан - Иегова бииргэ түмэн - Биир иллээх кэргэн оҥорбут, - Тапталын көрдөрбүт. - Биир сомоҕо буолар - Күндү биһиэхэ. - Таҥара биэрбит соругун - Үөрэ-көтө толоробут, - Убайдарга истигэммит, - Бииргэ үлэлиибит. 
- 2. Биир санаалаах олороммут - Эйэлээх, дьоллоох буоллубут. - Таҥара туһунан кэпсээн - Аатын аатырдабыт. - Күүспүтүн элбэтэр - Убайдыы таптал. - Бииргэ сиэттиһэн сылдьарга - Таҥара эйэни биэрэр. - Мэлдьитин Аҕабытыгар - Уруйу ыллыахпыт. 
(Ону таһынан Мих. 2:12; Соф. 3:9; 1 Кор. 1:10 көрүҥ.)